МБУ ЦД "МЫНДАБА"

МБУ ЦД "МЫНДАБА"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ЦЕНТР ДОСУГА "МЫНДАБА" УСТЬ-АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РЕСПУБЛИКА САХА (ЯКУТИЯ)

«Мындаба» сынньалаҥ киинигэр муус устар 26 күнүгэр Саха автономията төрүттэмитэ 100 сылыгар аналлаах бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэр ыытылыннылар.

Ол курдук күнүс 16:00 чаастан олохтоох библиотека уонна сынньалаҥ киин тэрийиилэринэн «Связь времен — от начала до наших дней» тэрилтэлэр уонна түмсүүлэр икки ардыларыгар брейн ринг күрэҕэ ыытылынна. Уопсайа күрэххэ 4 хамаанда 4 -түү киһилээх кыттыыны ыллылар, Оскуола, «Кэнчээри», «Күнчээнэ» детсадтар уонна ыччаттар. Хамаандалар ааттарын, хапытааннарын талыналларыттан күрэх саҕаланна. Уопсайа 5 түһүмэхтэн турар күрэххэ күрэхтэстилэр. Тыҥааһыннаах киирсии кэннэ
1 миэстэни «Күнчээнэ» детсад коллектива
2 миэстэни «Саһарҕа» оскуола коллектива
3 миэстэни «Кэнчээри» детсад коллектива уонна
4 — с миэстэни ыччат «Эрэл» хамаандата буолары ситистилэр.

Онтон салҕыы
киэһээ 19:00 чаастан бырааһынньыктааҕы кэнсиэр ыытылынна. Кэнсиэргэ Мүрү маҥнайгы нүөмэрдээх орто оскуолатын 8 «б» кылааһын үөрэнээччилэрэ — салайааччы Бурцева Варвара Николаевна, Олоҥхону толорооччу, оҕустаах оҕонньор бөскөй бөҕө Афанасий Бурцев, кырачаан кыттааччыларбыт Уйгулаана, Кыыдаана Бочкарёвалар, Арсен Осипов — салайааччы Индеева Августина Реворьевна, «Дьол көлүччэтэ», «Күндүйэ» үҥкүү бөлөхтөрө — салайааччы Аргунова Лариса Васильевна, Василий Петров, Иван Карпов, Лена Протопопова, Акулина Черкашина, Елизавета Черкашина, «Сыдьаайа» ырыа ансаамбыла уонна оһуохайдьыттар Павел Охлопков, Петр Копырин, Гаят Свинобоев, Константин Слепцов, Айаал Аргунов салайааччы Нюргуяна Владимировна Никитина кыттыыны ыллылар.

Добавить комментарий