Мүрү нэһилиэгин күндү олохтоохторо! «Мүрү нэһилиэгэ» тыа сирин түѳлбэтин дьаһалтатын, депутаттарын уонна тус бэйэм ааппыттан тапталлаах Мүрүбүт күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Мүрү нэһилиэгэ 1960 сыллаахха ыам ыйын 13 күнүгэр тэриллибитэ, улууспут киинэ буолан, дьон-сэргэ манна сѳбүлээн олохсуйар. Мүрү сэдэх кэрэ-мааны алаас, күөх айылҕатынан ыалдьыты угуйар, кэрэхсэтэр. Биһиги бары киэн туттабыт – нэһилиэкпит үлэһит, талааннаах, саҥаны-үтүѳнү кѳҕүлүүр дьонунан, дьон-норуот туһатыгар, оҕо аймах үѳрүүтүгэр анаммыт бырайыактар олоххо киирэн эрэллэриттэн. Мүрү нэһилиэгэр быйыл Инфраструктураны сайыннарыы сыла биллэриллибитэ. Бу чэрчитинэн ыытыллар үлэлэр, иннибитигэр турар сыал-сорук нэһилиэнньэ олоҕун уйгутун үрдэтиигэ, сайыннарыыга туһуланар. Ханнык баҕарар нэһилиэк, түөлбэ устуоруйа, култуура, ускуустуба өттүнэн бэрт интэриэһинэй суолталаах, салгыы сайдар кыахтаах. Тѳрѳѳбүт-үѳскээбит, таптаан олохсуйбут нэһилиэкпит сайдыытыгар хас биирдии олохтоох күннэтэ тус кылаатын киллэрсэр. Инникитин даҕаны араас таһымнаах федеральнай, республикатааҕы конкурстарга, программаларга, грант хайысхаларыгар олохтоохтор көхтөөхтүк кыттан, нэһилиэкпит сайдыытын түстэһиэххит, күүс-кѳмѳ буолуоххут диэн эрэнэбин. Нэһилиэкпит бэлиэ күнэ барыбытын түмэр. Бу ураты суолталаах күҥҥэ барыбыт баҕабыт биир – олорор, үлэлиир сирбит табыгастаах, кэнчээри ыччаты угуйар күүстээх буоларыгар. Тапталлаах Мүрүбүт ѳрүү үүнэ-сайда, чэчирии турдун! Мүрү нэһилиэгин баһылыга Прокопий Румянцев.