МБУ ЦД "МЫНДАБА"

МБУ ЦД "МЫНДАБА"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ЦЕНТР ДОСУГА "МЫНДАБА" УСТЬ-АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РЕСПУБЛИКА САХА (ЯКУТИЯ)

«Үлэнэн салаллар саргы» улуус ыһыаҕар үгүс кыттааччыны түмпүт фольклор күрэстэриттэн дэгэрэҥ ырыатын толорууга оҕолорго 1-кы миэстэни Кэптэниттэн Ваня Колодезников ылла, 2-с миэстэ Чараҥтан Леонида Иванова буолла, 3-с миэстэни Тулунаттан Кэскилээнэ Троева ситистэ.

Улахан дьоҥҥо Бороҕонтон Кондратий Герасимов бастаата, Уһун Күөлтэн Иван Бурцев иккис буолла, Майаҕастан Ангелина Гуляева үһүс миэстэни ылла.

Чабырҕахха Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын “Чуораана” бөлөҕө кыайыылаах аатын сүктэ, 2-с миэстэни Тулунаттан “Сайдыы” сайдыы бөлөх ылла, 3-с миэстэ Чараҥтан Катя Никоноваҕа тигистэ.

✅ @uamurusahargata @ulusmedia

Добавить комментарий