МБУ ЦД "МЫНДАБА"

МБУ ЦД "МЫНДАБА"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ЦЕНТР ДОСУГА "МЫНДАБА" УСТЬ-АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РЕСПУБЛИКА САХА (ЯКУТИЯ)

Мүрү нэһилиэгин күндү олохтоохторо!

Мүрү нэһилиэгин күндү олохтоохторо! «Мүрү нэһилиэгэ» тыа сирин түѳлбэтин дьаһалтатын, депутаттарын уонна тус бэйэм ааппыттан тапталлаах Мүрүбүт күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин! Мүрү нэһилиэгэ 1960 сыллаахха ыам ыйын 13 күнүгэр тэриллибитэ, улууспут киинэ буолан, дьон-сэр­гэ манна сѳбүлээн олохсуйар. Мүрү сэдэх кэрэ-мааны алаас, күөх айыл­ҕатынан ыалдьыты угуйар, кэрэхсэтэр. Биһиги бары киэн туттабыт – нэһилиэкпит үлэһит, талааннаах, саҥаны-үтүѳнү кѳҕүлүүр… (читать далее)

Мүрү күнүн көрсө ыытыллыбыт «FAMILY-квест» оонньуу кыайыылаахтара: 1-кы миэстэ — Максимовтар, 2-с миэстэ Аммосовтар, 3-с миэстэ Шелковниковтар ылан наҕараадаланнылар. Кыайыылаах дьиэ кэргэн 15 000 солк. бирииһи тутта итиэннэ анал аат бэриллэн, кыттыылаахтар бары өттүк харалаах буоллулар

«Үлэнэн салаллар саргы» улуус ыһыаҕар үгүс кыттааччыны түмпүт фольклор күрэстэриттэн дэгэрэҥ ырыатын толорууга оҕолорго 1-кы миэстэни Кэптэниттэн Ваня Колодезников ылла, 2-с миэстэ Чараҥтан Леонида Иванова буолла, 3-с миэстэни Тулунаттан Кэскилээнэ Троева ситистэ.

Улахан дьоҥҥо Бороҕонтон Кондратий Герасимов бастаата, Уһун Күөлтэн Иван Бурцев иккис буолла, Майаҕастан Ангелина Гуляева үһүс миэстэни ылла. Чабырҕахха Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын “Чуораана” бөлөҕө кыайыылаах аатын сүктэ, 2-с миэстэни Тулунаттан “Сайдыы” сайдыы бөлөх ылла, 3-с миэстэ Чараҥтан Катя Никоноваҕа тигистэ. ✅ @uamurusahargata @ulusmedia