МБУ ЦД "МЫНДАБА"

МБУ ЦД "МЫНДАБА"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ЦЕНТР ДОСУГА "МЫНДАБА" УСТЬ-АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РЕСПУБЛИКА САХА (ЯКУТИЯ)

«Үлэнэн салаллар саргы» улуус ыһыаҕар үгүс кыттааччыны түмпүт фольклор күрэстэриттэн дэгэрэҥ ырыатын толорууга оҕолорго 1-кы миэстэни Кэптэниттэн Ваня Колодезников ылла, 2-с миэстэ Чараҥтан Леонида Иванова буолла, 3-с миэстэни Тулунаттан Кэскилээнэ Троева ситистэ.

Улахан дьоҥҥо Бороҕонтон Кондратий Герасимов бастаата, Уһун Күөлтэн Иван Бурцев иккис буолла, Майаҕастан Ангелина Гуляева үһүс миэстэни ылла. Чабырҕахха Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын “Чуораана” бөлөҕө кыайыылаах аатын сүктэ, 2-с миэстэни Тулунаттан “Сайдыы” сайдыы бөлөх ылла, 3-с миэстэ Чараҥтан Катя Никоноваҕа тигистэ. ✅ @uamurusahargata @ulusmedia

👍 Мүрү нэһилиэгин ыһыаҕар үс сэргэх түһүмэх үҥкүүлүүр площадкаҕа тэрилиннэ.

Дьиэ кэргэн сылыгар анаммыт уһун суһуохтаахтар куонкурстарыгар түөрт дьиэ кэргэн кытынна. Ол курдук Мындаабаттан түөрт көлүөнэ – эбэ, ийэ, кыыс, сиэн кыыс –Матрена Заболоцкая сиэнинээн Динаралыын, Анастасия Портнягина сиэнинээн Ангелина Ушницкаялыын мустубут көрөөччүлэри сөхтөрдүлэр. Эбэлэрэ 13 тутум уһун суһуоҕун баччааҥҥа диэри налыта сылдьара үгүс дьоҥҥо кэрэ көстүү буолан соһутта. Атын кыттааччылар – Екатерина, Сандаара Жирковалар,… (читать далее)

» МҮРҮ БООТУРА» күөн күрэс💪💪💪

👏 «Мүрү боотура» күрэхтэһиигэ сэттэ эр бэрдэ күөн көрүстүлэр. Үс төгүл үс, мас тардыһыыта, хапсаҕай, сүүрүү курдук ким сындалыйбат эрчимнээҕин көрдөрөр күрэстэһиигэ бэртэри баһыйан Амма ааттааҕа Василий Захаров кыайыы үөрүүтүн биллэ. Кини бирииһэ – матасыыкыл. Иккис – Илья Карамзин,үһүс Айсен Мигалкин буоллулар. ✅ @uamurusahargata @ulusmedia

«Күүстээх Куо-2024» күөн күрэс

Мүрү ыһыаҕар Варвара Васильева-Күүстээх Баттаайа аатынан «Күүстээх Куо-2024» күөн күрэс кыттааччылара: 💪 Юлия Аргунова (Мүрү)💪 Вероника Новгородова (Мүрү)💪 Александра Копырина (Бэрт Ууһа)💪 Алина Ларионова (Мүрү)💪 Галина Барашкова (Мүрү)💪 Саина Сивцева«Күүстээх Куо-2024» күрэс түмүгүнэн кыайыылааҕынан Вероника Новгородова буолла👏👏👏Иккис миэстэҕэ Галина Барашкова таҕыста, үһүс – Саина Сивцева 👍🏼 ✅ @uamurusahargata @ulusmedia

👍 Мүрү ыһыаҕар «Ылгын боотур» күрэхтэһии кыайыылааҕынан Игнат Сивцев таҕыста👏👏👏

Алта, сэттэ саастаах кыра уолаттар күрэхтэһиилэригэр аҕыс уол кытынна. Биэс көрүҥнээх (ойбонтон уулааһын, көтөх торбос, хомуур курэх, өһөс торбос, сүүрүү) тыҥааһыннаах киирсии түмүгүнэн Игнат Сивцев кыайыылааҕынан буолла. Иккиһи Айхал Дмитриев, үсүһү Стас Аммосов үллэһиннилэр. ✅ @uamurusahargata @ulusmedia

Мүрүгэ үрүҥ тунах ыһыах 🌿☀️

🌿Тапталлаах Мүрүбүтүгэр бэс ыйын 12 күнүгэр Үрүҥ тунах ыһыах ыһылынна. Айылҕабыт бу күн араас кэрэ көстүүлэри бэлэхтээн, дьоммут түөлбэлээн олорон, Алгыс Бүөтүр алгыһын ыллылар. Ыһыах үөрүүлээх чааһыгар нэһилиэк баһылыга Прокопий Румянцев бар дьонугар истиҥ эҕэрдэтин тиэртэ. Уйгулаах ыһыах ыалдьыттарынан улуус баһылыга Василий Аммосов, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иннокентий Аммосов буоллулар. Кэрэ-бэлиэ күҥҥэ нэһилиэк­пит дьоһун дьоно… (читать далее)

Улуу Кыайыы өрөгөйдөөх күнүнэн!

🚩 Мүрү нэһилиэгэр тыыл бэтэрээннэрэ, сэрии кэмин оҕолоро бүгүн нэһилиэк дьаһалтата, дьахталлар улуустааҕы сэбиэттэрэ уонна элбэх оҕолоох ийэлэр «Дьол уйата» түмсүүлэрэ кыттыһан тэрийбит бырааһынньыктааҕы эбиэттэригэр күндү ыалдьыт буоллулар. Ытык ыалдьыттары үтэһэлээх этинэн, арыылаах саламаатынан, саһарчы буспут сымнаҕас алаадьынан, онтон да эгэлгэ ас арааһын ис сүрэхтэриттэн астаан күндүлээтилэр. Тэрээһини «Мындаба» сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ ыыттылар. Аҕам саастаах… (читать далее)

Улуу Кыайыы 79 сылынан Уруй -Айхал!

Бүгүн, ыам ыйын 9 күнүгэр Улуу Кыайыы 79 сылынан «Хос үрэх» ытык сиригэр өйдөбүнньүк тэрээһин ыытылынна.Хос Үрэххэ, 1945 сыллаахха бэс ыйын 20-21 күннэригэр кыайыыны уруйдуур Улуу ыһыах ыһыллыбыт. Бу өйдөбүнньүк күҥҥэ эҕэрдэ тылы улуус дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччыта И. И. Троев, улуус дьокутааттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ И. И. Аммосов, улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ О. Ф. Федоров, «Мүрү… (читать далее)

Бүгүн «Мындаба» сынньалаҥ киинигэр Улуу Кыайыы 79 сылыгар аналлаах уонна бүтүн Россиятааҕы «От имени жизни, от имени сердца» акция чэрчитинэн «Мындаба» сынньалаҥ киин уонна Мындааба орто оскуолатын көҕүлээһиннэринэн «Весна Победы» хоһоон күрэҕэ ыытылынна.

Тэрээһин И. Мигалкин хоһоонун күргүөмүнэн ааҕыынан саҕаланна. Күрэххэ уопсайа 32 оҕо кыттыыны ылла.Күрэх түмүгүнэнКыра бөлөххө🥇 м. Баишев Мичил 3 «б» кл. МСОШ 2🥈м. Домотова Эдилана3 «б» кл. МСОШ 2,🥉м. Троева Амелия 3 «б» МСОШ 2🥉м. Портнягина Тоня 3 «б» кл. МСОШ 2Орто бөлөххө🥇 м. Артамонов Артем 6 кл. МЮГ🥈 м. Аржаков Арылхан 6 кл. Мынд…. (читать далее)