МБУ ЦД "МЫНДАБА"

МБУ ЦД "МЫНДАБА"

МУНИЦИПАЛЬНОЕ БЮДЖЕТНОЕ УЧРЕЖДЕНИЕ "ЦЕНТР ДОСУГА "МЫНДАБА" УСТЬ-АЛДАНСКИЙ УЛУС (РАЙОН) РЕСПУБЛИКА САХА (ЯКУТИЯ)

«Олоҥхо уонна хомус- үйэлээх үгэспит»

Россияҕа Сомоҕолоһуу, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура сылларынан саха төрүт култууратын үйэтитэргэ
Олоҥхо уонна Хомус күннэригэр аналлаах
«Олоҥхо уонна хомус — үйэлээх үгэспит» үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна,
Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар «Сыдьаайа» вокальнай ансамбль ( салайааччы Марфа Андреева) көрөөччүлэри ырыанан, Мүрүтээҕи Үһүс саас оскуола «Хатан хомус» куруһуок хомусчуттара ( салай. Лилия Говорова) хомуска оонньоон эҕэрдэлээтилэр. Лидия Лугинова хомус тардан, Айаал Вырдылин гитараҕа оонньоон инструментальнай дуэттара уратытык көһүннэ.
Хомус ууһа Лаврентий Тарскайы кытта көрсүһүү оҕолор, кэлбит дьон болҕомтотун тарта.
Ол кэннэ хомус тардыытыгар «Хатан хомустар» маастар-кылаас ыыттылар,
күргүөмүнэн хомуска оонньооһун буолла.
Бу тэрээһиҥҥэ Мындааба спортивнай хайысхалаах орто оскуолатын үһүс кылааһын үөрэнээччилэрэ — хомуска саҥа холонон эрэр оҕолор кытыннылар. Олоҥхо , хомус туһунан тургутук буолла, оҕолорго, улахан дьоҥҥо тус-туһунан ыйытыктардаах. Тэрээһин кыттыылаахтара көхтөөхтүк кытыннылар. Үһүс кылаас салайааччытыгар А. Г. Готовцеваҕа уонна төрүт култуура учууталыгар А. А. Слепцоваҕа махтанабыт.
Матрёна Готовцева, « Мындааба» СК уус-уран салайааччыта