Россияҕа Сомоҕолоһуу, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Култуура сылларынан «Мындааба» сынньалаҥ киинигэр сэтинньи ый 14 күнүгэр үлэ, сцена бэтэрээнэ, Өнөр нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, ырыаһыт, баянист Розалия Дмитриевна Шелковникова төрөөбүтэ 70 сылынан «Ырыа олоҕум аргыһа» аймахтыылар, бииргэ төрөөбүттэр дуэтынан, трионан ырыа толорууларын күрэҕэ ыытылынна. Күрэҕи Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, мелодист, баянист Василий Петухов, Саха республикатын култууратын туйгуна, Бороҕоннооҕу оҕо искусство оскуолатын преподавателэ Инна Ильина уонна Розалия Дмитриевна кыыһа, улуустааҕы дьарыктаах буолуу киинин сүрүннүүр специалиһа Мария Крылова сыаналаатылар.
Түмүккэ күрэх «Чыпчаал аатын» Өнөртөн Джулия Афанасьева, Мария Лукачевская ыллылар уонна Розалия Шелковникова кыыһа Мария Крылова, уола Дмитрий Шелковников туруорбут 30 000 солк суумалаах бирииһи туттулар.
Бастакы үрдэл үрдүк аатын Дмитрий Готовцев, Владислав Кривошапкин ( Байаҕантай нэһ.), иккис үрдэли Надежда, Татьяна, Гаврил Свинобоевтар (1 Хоро) , үһүс үрдэли Инна Бочкарева, Ион Лукачевскай ( Өнөр нэһ.) ыллылар.
Бастакы үктэли Галина Охлопкова, Николай Бурцев ( Мүрү, 1 Хоро нэһ.), иккис үктэли Любовь Васильева, Иван Готовцев (Байаҕантай), үһүс үктэли Ульяна Схороходкина, Ольга Сивцева (Хоро) ыллылар. Кыайыылаахтар Розалия Шелковникова аймахтара, чугас дьоно, дьүөгэлэрэ туруорбут харчынан бириистэрин, конкурс дипломнарын туттулар. Маны таһынан конкурс кыттыылаахтарыгар Розалия Дмитриевна сельхозтехникаҕа бииргэ үлэлээбиттэрэ, Тандаттан үөлээннээхтэрэ, Мындаабатааҕы «Эйгэ» бэтэрээн сэбиэтэ ( предс. Л. П. Лугинова, Мындаабатааҕы СК ( дир. В.О.Колесова) олохтообут анал ааттара иҥэрилиннилэр. «Бастыҥ доҕуһуол» анал аатынан Өнөр баяниһа Василий Федоров ааттанна. Түмүккэ Розалия Дмитриевна доҕотторо, үөлээннээхтэрэ, аймахтара, бииргэ үлэлээбит коллегалара, бииргэ араас түһүлгэҕэ ылласпыт доготтороологун, айар үлэтин санаан ахтан аастылар, ыллаабыт ырыаларын уонна уостан түспэт баян доҕуһуоллаах истин ырыалар ыллаан дуоһуйдулар. Кэлбит ыалдьыттары оҕолоро мааны фуршет аһынан күндүлээтилэр.
































